Ыам ыйын 10 күнүгэр Арыылаах нэһилиэгэр «Дьиэ кэргэнинээн старка» Сэбиэскэй Сойуус геройа Николай Саввич Степановка аналлаах Бүлүү-Хампа-Бүлүү хомуур сүүрүүгэ Тааһаҕар, Бөтүҥ, Өкүндү, Бүлүү оскуолаларыттан учууталлыын, оҕолуун, дьиэ кэргэттэри кытта уонна Хампабыт оҕолоро, учууталлара уопсайа 221 киһи сүүрүүгэ кыттынна. Бу бырайыак ааптара Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическай культураҕа уонна спорка туйгуна, Н.С.Степанов аатынан 3 нүөмэрдээх Бүлүүтээҕи орто оскуолатын физкультура учуутала Иннокентий Романович Михайлов сүүрүүнү хамаандалаан ыытта. Сэбиэскэй Сойуус геройа Николай Саввич Степановка аналлаах Бүлүү-Хампа-Бүлүү легкоатлетическай хомуур сүүрүү бырайыага сыллата ыытыллар үгэскэ кубулуйбута кэлэр кэнэҕэски ыччаттарбытыгар спордунан дьарыктаныы чэгиэн-чэбдик, доруобай буолууга, бары ситиһиилэргэ, уһун үйэлэниигэ төрүт буоларын үөрэтэр, патриотическэй иитиини биэрэрэ олус үөрүүлээх быыһыы-майгы диэн олохтоох дьон сэргии көрөбүт. Кыттааччыларга ситиһиилэри, бырайыак этэҥҥэ өссө да уһун сылларга Герой аатын үйэтитэн үлэлииригэр баҕара хаалабыт.