Вернуться к русскому языку Translate into English Ins Deutsche bersetzen
Версия для слабовидящих
Поиск
678225, Республика Саха (Якутия), Вилюйский улус, село Хампа, улица Героя Степанова, дом 37

Наш адрес
8 (41132) 24263
Контактный номер

Кыайыы күнэ - өрөгөй күнэ!

Ыам ыйын 9 күнэ дойдубут хас биирдии олохтооҕор ураты суолталаах, дириҥ өйдөбүллээх. Улуу Кыайыы күнэ – элбэх омуктаах норуот сүдү күүһүн уонна модун санаатын кэрэһитэ буолар. Арассыыйа олохтоохторун сомоҕолуур ытык бырааһынньыкка аан дойдуга эйэни уонна көҥүл олоҕу түстээбит аҕа көлүөнэ дьон үтүө ааттарыгар, холооно суох хорсун быһыыларыгар сүгүрү­йэбит.
Улуу Кыайыы күнүгэр уоттаах сэриигэ сылдьыбыт, эйэлээх олоҕу түстэспит эһэлэрбит, хос эһэлэрбит, байыаннай дьайыыга дойду иһин тыыннарын толук уурбут байыастар сырдык мөссүөннэрин тутан хаамарбыт үтүө үгэскэ кубулуйда. Ол курдук Арыылаах нэһилиэгэр ыам ыйын 9 күнүгэр Аҕам саастаах ытык кырдьаҕастарбыт, тэрилтэлэр, оскуола үөрэнээччилэрэ, автопарад парадка кытыннылар. Аҕа дойду иһин кыырыктаах кыргыһыыга кыттыбыт эһээлэрбитигэр, хос эһээлэрбитигэр, тыылга үлэлээбит эбээлэрбитигэр, хос эбээлэрбитигэр сүгүрүйэрбитин, махтанарбытын бэлиэтээн махтал тыллар гирлянда уурулунна. Илии илиилэртэн тутуһан Кыайыы оһуохайа этилиннэ.
Саха балаҕаныгар Аҕам саастаах дьон мустан итии чэй иһэ иһэ ирэ-хоро кэпсэтэн, оонньоон-көрүлээн Улуу Кыайыы күнүн сэргэхтик атаардылар.
Аҕа дойду Улуу сэриитин ытыктабыллаах кыттыылаахтара, тыыл үлэһиттэрэ, сэрии кэмин оҕолоро! Хорсун-хоодуот быһыыгыт, килбиэннээх үлэҕит иһин эһиэхэ сүгүрүйэбит! Үрдүбүтүгэр эйэлээх халлаан баарыгар эһиэхэ махтанабыт! Кыайыыны уһансыбыттарга уруй-айхал буоллун! Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо! Эһиэхэ барыгытыгар чөл туругу уонна уһун олоҕу, эйэҕэс сыһыаны уонна этэҥҥэ буолууну, дьолу уонна үтүөнү, эйэни уонна айар-тутар кыаҕы баҕарабын! Бу дьоһун суолталаах бэлиэ күн ­эһиэхэ күүһү-уоҕу, эрчими, тулууру эптин, санааҕытын бөҕөргөттүн! Улуу Кыайыы күнүнэн!



Наверх