«Уруйдан Сандал Саас!»
Муус устар 17 күнүгэр Арыылаахпыт нэhилиэгэр Кыhыны атаарыы буолан ааста. Бу күн халлааммыт сүрдээх тыаллаах да буоллар нэhилиэкпит дьоно Саас кэлэрин кэтэспиттэрин, дойдуларыгар бэриниилээхтэрин көрдөрдүлэр, актыыбынайдык күрэхтэргэ кытыннылар.
Быйылгы күрэхтэр түөлбэннэн буоллулар. «Түөлбэбинэн киэн туттабын» диэн ааттаах күрэххэ түөлбэлэрин частушканнан, пляскалаан билиhиннэрдилэр. «По щучьему велению…» диэн күрэххэ араас дьэрэкээн хаартыскађа түhэр киэргэтиилэри оңорбуттар. Ону таhынан кыhыны атаарыы буолан баран хайдах блиныта суох буолуой сол курдук «Саамай улахан блины», «Саамай оригинальнай блиныттан бүлүүдэ» диэн күрэхтэр буоллулар.
Тыалы тыал, тымныыны тымныы диэбэккэ кэнчээри ођолорго эстафеталара, араас көрдөөх оонньуулар буоллулар.
Спорт специалиhа Хампа күөлүгэр «Балыксыт күрэђин» онорон дьон-аймах сэңээрдэ.
Онтон киэhээ өттүгэр «Икки сулус» күрэх уопсай үчүгэйкээн тэрээhини түмүктээтэ.
Ссылка:
https://disk.yandex.ru/d/0SlBht1_OfbQIg?w=1
Файл:
WhatsApp Image 2021-04-19 at 11.34.10.jpeg