«Студент» – как много в этом слове
Для сердца русского слилось!
Студенчество – всего основа,
Ведь чужда молодежи грусть,
И тяга к знаниям, впрочем, тоже
– Халявы ждет студент всегда,
Так пусть она ему поможет И не подводит никогда!
Еще раз всех поздравляем с Днем студента, и пусть все мы будем в душе вечными студентами.
Благодарим за активное, успешное участие в нашем онлайн викторине!
Тохсунньу 14 күнүгэр сыллааҕы түөлбэлэр икки ардыларыгар күрэхтэр түмүктэрэ таҕыста. Киирсиилээх күрэхтэр кэннэ 1 миэстэни ыллылар Эрчим түөлбэ, салайааччы Антонина Евсеева. 2 миэстэни ыллылар Дьулуур түөлбэ, салайааччы Прасковья Боронова, 3 миэстэлээх Сардаҥа түөлбэ, салайааччы Евдокия Алексеева уонна 4 миэстэлээх Дьүкээбил түөлбэ, салайааччы Мария Габышева. Түөлбэлэрбитигэр сылы быһа көхтөөхтүк кыттыбыккытыгар махтанабыт уонна өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Саҥа дьыллааҕы представленияларга Дьулуур түөлбэ "Колобок" мүччүргэннээх сырыылара диэн олус интэриэһинэй остуоруйаны көрдөрдүлэр. Уонна бочуоттаах 2 миэстэни ыллылар. Кылаабынай дьахтар оруола номинацияны ылла Лидия Николаева, Бастыҥ мааска номинацияҕа тигистэ Евдокия Константинова, эҕэрдэбитин тиэрдэбит.
"Эрчим" түөлбэ Зверопой диэн аныгылыы көстүүлээх интэриэһинэй остуоруйа көрдөрөн бочуоттаах 1 миэстэни ыллылар. Кылаабынай эр киһи оруола номинацияны ылла Семен Евсеев, эҕэрдэбитин тиэрдэбит.
Саҥа дьыллааҕы Бүлүү улууһун культуратын үлэһиттэрин эҕэрдэ концерда
Саргылаах саҥа дьыл салаллан кэлбитинэн өссө төгүл бар дьоммутун эҕэрдэлиибит! бу кэлбит күөх баабыр сыла аҕаллын биһиэхэ үгүс үтүмэн үөрүүлэри, уйгулаах олоҕу, дьолу- соргуну, үлэҕитигэр үөрэххитигэр үрдүк ситиһиини, кытаанах доруобуйаны,чэгиэнник сылдьыыны эрэ аҕаллын!
Ссылка: https://youtu.be/O62bvYaZT2Y
I. «Саҥа дьыллааҕы түннүк» түннүк киэргэтиитин күрэҕин балаһыанньата
Ыытыллар бириэмэтэ: Ахсынньы ый 7 - 28 күннэрэII. «Харыйа киэргэлэ» оҥоһук күрэҕин балаһыанньата
Ыытыллар бириэмэтэ: Ахсынньы ый 7 - 28 күннэрэIII. «Сыл символа» уруһуй күрэҕин балаһыанньата
Ыытыллар бириэмэтэ: Ахсынньы ый 7 - 28 күннэрэСаха Республикатыгар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн аһаҕас “Олоңхону төhө билэђиний?” викторина түмүгүнэн кыайыылаахтары, кыттааччылары эҕэрдэлиибит!
Кыттыбыккыт туһунан сертификаттары мантан киирэн ылыҥ
«Олоҥхо мин харахпынан»
Олоҥхо аан дойду хайдах айыллыбытын, олох үөскээбитин, саха омук хайдах сайдыбытын, олоҕун-дьаhаҕын, майгытын-сигилитин, өйүн-санаатын, айылҕа модун күүhүн кэпсиир сүдү айымньы. Олоҥхо тыла саха омук бастыҥ баайа, кэрэ киэргэлэ, өйүн сүрэҕин үгүс үйэлээх албан айымньыта.
Саха Республикатыгар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн аһаҕас куйаар ситимин нөҥүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕо уһуйаанын иитиллээччилэригэр пластилинынан Олоҥхо персонааһын оҥоруу күрэҕэ буолан ааста.
Кырачаан кыайыылаахпытын Настасья Сивцеваны I үрдэл үрдүк аатын сүкпүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Өссө да субу курдук талааҥҥын арыйа, дьарыгыра сырыт диэн баҕа санаабытын этэбит.
Файл: Н.Сивцева.jpg
Саха Республикатыгар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн аһаҕас “Олоңхону төhө билэђиний?” викторинаҕа кытын
Бүлүү улууһа, Арыылаах нэһилиэгэ, «Эрэл» НАК
«Олоҥхо мин харахпынан»
Саха Республикатыгар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн аһаҕас куйаар ситимин нөҥүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕо уһуйаанын иитиллээччилэригэр пластилинынан Олоҥхо персонааһын оҥоруу күрэҕин балаһыанньата
Олоҥхо аан дойду хайдах айыллыбытын, олох үөскээбитин, саха омук хайдах сайдыбытын, олоҕун-дьаhаҕын, майгытын-сигилитин, өйүн-санаатын, айылҕа модун күүhүн кэпсиир сүдү айымньы. Олоҥхо тыла саха омук бастыҥ баайа, кэрэ киэргэлэ, өйүн сүрэҕин үгүс үйэлээх албан айымньыта.
Ыытыллар бириэмэтэ: Сэтинньи ый 11 - 24 күннэрэ
Кыттыыны ылаллар:
- оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ;
Күрэх ирдэбилэ:
1. Олоңхо биир персонааhын пластилинынан оҥоруу;
2. Оҥоһугу кытары хаартыскаҕа түһэн ыытыы.
3. Кыттааччы толору аата суола, сааһа, хантан сылдьара суруллар.
Кыттыы иһин төлөбүрэ 100 солк.
Уруһуйдары 89141097821 нүөмэргэ ыытаҕыт, усунуоһу 89142230764 Сардана А.Е. ыытаҕыт.
Түмүк: Сэтинньи ый 25 күнүгэр тахсар, оҥоһуктар инстаграмҥа, сайка тахсаллар.
Сыаналааһын: Анал хамыыһыҋа сыаналыаҕа, кыайыылаахтар сэмэҋ бирииһинэн, мэҥэ суругунан наҕараадаланыахтара, кыттааччы барыта туоһу суруктанар.
Билсэр нүөмэргит: 89141097821 ватсап
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүнэн эҕэрдэлээн туран Арыылаах нэһилиэгин Аҕа баһылыга, кыра тэрилтэлэр эҕэрдэ ырыаларын дуоһуйа,сынньана көрүҥ диэн ыҥырабыт. Бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран чэгиэн доруобуйаны, эйэни, өйдөһүүнү баҕарабыт!
Ыччат Бүтүн Союзтааҕы Ленинскэй Коммунистическай Союһа Саха Сиригэр тэриллибитэ 100 сылын көрсө төлөннөөх сүрэхтээх комсомолецтарга эҕэрдэ!
Комсомол ыччата Сэбиэскэй былаас бигэ олохтоох буоларыгар, экэниэмикэ, култуура, тутуу сайдыытыгар киллэрбит кылаата улахан. Маны таһынан, уоттаах сэриилэргэ эдэр комсомолецтар хорсун быһыылара уос номоҕо буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр, үүнэр кэнчээри ыччаты иитиигэ үтүө холобур буолар.
Комсомол иҥэрбит үйэлээх сыаннастарын – төрөөбүт дойдуга тапталы, ытык иэһи, үлэһит буолууну, киһилии истиҥ сыһыаны, бэриниилээх буолууну бэйэлэрин дууһаларыгар, өйдөрүгэр – санааларыгар илдьэ сылдьар Комсомол ииппит дьоно күн да бүгүн ыччат дьоҥҥо бэйэлэрин олохторунан өрүү бастыҥ маяк, холобур буола туруохтара.
2018 сыллааҕы Комсомол 100 сылын көрсө ыытыллыбыт тэрээһиннэртэн хаартыскалары көрөргүтүгэр ыҥырабыт!
Итоги викторины, посвященная ко Дню Комсомола «Комсомол – моя судьба!»
Всех участников викторины благодарим за активное участие.
Уж не вьется наше знамя,
Комсомола больше нет,
не угаснет в сердце пламя
Добрых жизненных побед!
Направляем Участникам итоговые Дипломы. Спасибо за участие!
Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр аналлаах
аһаҕас куйаар ситимин нөҥүө «Үҥкүүннэн доҕордуу буолуох...»
үҥкүүһүттэр икки ардыларыгар күрэх балаһыанньата.
Ыытыллар күнэ-дьыла:
Алтынньы ый 26 сэтинньи ый 11 күнүгэр диэри сайаапка хомуллар.
Күрэх сыала-соруга:
- Түмсүүлэр үлэлэрин сөргүтүү;
- Сомо5олоһуу күнүн бэлиэтээһин;
- Доруобай, чөл олођу пропагандалааhын.
Тэрээhиңңэ кыттыы:
Үңкүүнү сэңээрээччи тэрилтэлэр, түмсүүлэр, кылаас ођолоро.
Уопсай ирдэбил:
Видео 2 мүнүүтэттэн тахсыа суохтаах. Араас омук үҥкүүтэ, көстүүмнэрэ уларыйара тураллара ирдэнэр.
Түмсүү аата, салайааччы толору аата-суола, хантан сылдьара ирдэнэр.
Түмсүүлэр ахсааннара хааччахтаммат.
Усунуос түмсүүттэн 200 солк., 89142230764 Сардана А.Е., видеолары 89142905861 нүөмэргэ ыытађыт, б.н. 89141097821.
Кыттааччылар инстаграм, эрэл.рф сайт социальнай ситимигэр тахсыахтара.
Күрэх сүнньүнэн тахсыан сөп мөккүөрдээх түгэннэргэ тэрийээччи быһаарыыта бүтэһиктээх буолар.
Түмүк: Сэтинньи ый 12 күнүгэр күнүгэр тахсар.
Наҕараадалааһын:
Хас биирдии кыттаачыга сертификат, кыайыылаахтарга харчынан бириэмиҋэ