Сэтинньи 4 күнүгэр Арыылаах нэһилиэгэр Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар быстах хомуурга барбыт байыастарга «Бары бииргэ» акция чэрчитинэн, Автономия 100 сылыгар, Дойду үрдүнэн норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр аналлаах түмсүүлэр икки ардыларыгар “Доҕордуу буолуох» оонньуу буолан ааста. Нэһилиэкпит иһигэр баар «Иэйии» литературнай түмсүү, «Дьүрүлгэн» хомусчуттар түмсүүлэрэ, «Чөмчүүрэ» ырыаһыттар түмсүүлэрэ, «Оһуор», «Сандаара» үҥкүүһүттэр түмсүүлэрэ кэлэн, сэргэхтик күннэрин атааран бардылар.
Күрэххэ кыттааччылар араас омук буолан кэллилэр уонна талбыт омуктарын историятын, культуратын, олоҕун – дьаһаҕын кэпсээтилэр, көрдөрдүлэр.
Күрэх түмүгүнэн бочуоттаах I миэстэни ылла «Сандаара» үҥкүүһүттэр бөлөхтөрө, II миэстэни ылла «Оһуор» үҥкүүһүттэр бөлөхтөрө, III миэстэни ыллылар «Чөмчүүрэ» ырыаһыттар түмсүүлэрэ.
Кытта кэлбит түмсүүлэрбитигэр барҕа махтал, эйэлээх халлааны баҕара хаалабыт.
Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар быстах хомуурга барбыт байыастарга «Бары бииргэ» акцияҕа кыттыһан 10000 тыһ харчыны киллэрэммит мобилизованнайдар семьяларын фондатыгар көмө кылааппытын ыыттыбыт
Рома Пудов, 5 саастаах, Дьокуускай куорат 24-с нүөмэрдээх «Сардаана» уһуйаан иитиллээччитэ, эбээтинээн Макарова Александра Аркадьевналыын оноһуктара.
«Мин Олонхоттон саамай сөбүлээбит персонаһым - тоҕус былас суһуохтаах Туйаарыма Куо»
Куукулабыт кашибо материалтан тигиллибит үрүҥ халадаайдаах, сукноттан тесьманан, оҕуруонан киэргэтиллибит сахалыы сонноох, киниэхэ дьүөрэлээн дьабакалаах, этэрбэстээх.
Уһун суһуоҕа бамбуковай баайар саптан оноһулунна. Илин кэбиһэрэ, уһун суһуоҕун киэргэлэ мельхиор диэн аныгы материалтан тиһилиннэ. Бэйэтин сана кырачаан ыа5ыйата фетртан онуһулунна уонна тесьманан киэргэтилиннэ.
Хатастааҕы 70№ «Кэрэчээнэ» оҕо уhуйаанын иитээччилэрэ
Максимова Марта Захаровна
Афанасьева Ирина Семёновна
Туйаарыма Куо. Былааччыйата габардин, жилета уонна бэргэhэтэ сукно, мех норка, кээнчитэ экозамша.
Олоңхо декадатыгар аналлаах аhађас куйаар ситиминэн Олоңхо персонажтарынан куукула оңоhуктарыгар күрэх балаhыанньата.
“Олоҥхо – саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа. Саха фольклорун бары жанрдарын синтеһэ, киһи билэр бары поэтическай ньыматын сиэркилэтэ” (Суорун Омоллоон).
Тэрийээччилэр: Бүлүү улууһа, Арыылаах нэһилиэгэ МТ, «Эрэл» норуот айымньытын киинэ
Ыытыллар бириэмэтэ: Сэтинньи ый 28-тан ахсынньы ый 7 күннэригэр диэри
Кыттыыны ылаллар: Саха сирин хайа баҕарар муннугуттан кыттыыны ылаллар.
Күрэх сыала-соруга:
Ø Саха норуотун национальнай культуратын баай үгэстэрин сөргүтүү, киэҥ араҥаҕа таһаарыы уонна тарҕатыы;
Ø Норуот тылынан уус-уран айымньытын сайыннарыы, киэҥ араҥаҕа тарҕатыы;
Ø Ыччаты духовнай-патриотическай, өйгө–санааҕа иитии;
Ø Кыттааччылары уонна кинилэр үлэлэрин WhatsApp, Instagram, сайт ситимигэр сырдатыы.
Күрэх ирдэбилэ:
Күрэххэ биир Олоңхо персонааhын майгыннатан куукула оҥорон дьон дьүүлүгэр таһаарыы;
Кыттааччы оңоhугун хаартыскађа түhэрэн ватсабынан ыытар, оҥоһукка кылгас аннотациялаах буолара ирдэнэр;
Кыттааччы оҥоһугун, толору аатын сааhын, хантан сылдьарын, кыттыы иһин төлөбүрүн 100 солк. 89142905861 нүөмэргэ Мария Спиридоновнаҕа ыытар.
Түмүк: Ахсынньы ый 7 күнүгэр тахсар, оңоhуктары инстаграмҥа, телеграм, ютуб, каналларбытыгар таһаарыахпыт.
Сыаналааһын: Анал хамыыһыҋа сыаналыаҕа, кыайыылаахтар сэмэҋ бирииһинэн, мэҥэ суругунан наҕараадаланыахтара, кыттааччы барыта туоһу суруктанар.
Билсэр нүөмэргит: 89141097821 ватсап Акулина Исаевна Т.
Олоңхо декадатыгар аналлаах аhађас куйаар ситиминэн «Остуоруйа дойдута» эбээ, ийэ, эhээ, ађа остуоруйа кэпсиир аудио күрэҕин балаhыанньата.
“Олоҥхо – саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа. Саха фольклорун бары жанрдарын синтеһэ, киһи билэр бары поэтическай ньыматын сиэркилэтэ” (Суорун Омоллоон).
Остуоруйа - норуот тылынан уус - уран айымньыта, фольклор биир көрүҥэ, киһи бэйэтин баҕатын, олоҕун дьаһаҕын эбэтэр араас быһылаан туһунан, дьиктилээх - дьиибэлээх, кэрэхсэбиллээх кэпсээнэ.
Күрэх сыала - соруга:
- Оҕо остуоруйаны сэргээн, кэрэхсээн истэрин ситиһии;
- Остуоруйа геройдарын үтүө быһыытын оҕону сиэр - майгы өттүнэн иитиигэ туһаныы.
Ирдэбилэ: эбээ, ийэ, эhээ, ађа кырачааннарга остуоруйа кэпсиир, 3 - 5 мүнүүтэ усталаах остуоруйа кэпсээҥҥитин аудиозаписька устан 89644169123 Анастасия Александровна О ыытаҕыт, кыттыы иһин 100 солк усунуостаах.
Түмүк: Ахсынньы ый 7 күнүгэр тахсар, оңоhуктары инстаграмҥа, телеграм, ютуб, каналларбытыгар таһаарыахпыт.
Сыаналааһын: Анал хамыыһыҋа сыаналыаҕа, кыайыылаахтар сэмэҋ бирииһинэн, мэҥэ суругунан наҕараадаланыахтара, кыттааччы барыта туоһу суруктанар.
Билсэр нүөмэргит: 89141097821 ватсап Акулина Исаевна Т.
Олоңхо декадатыгар аналлаах аhађас куйаар ситиминэн «Олоңхолуун алтыhабыт» ођолорго уруhуй күрэђин балаhыанньата.
“Олоҥхо – саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа. Саха фольклорун бары жанрдарын синтеһэ, киһи билэр бары поэтическай ньыматын сиэркилэтэ” (Суорун Омоллоон).
Тэрийээччилэр: Бүлүү улууһа, Арыылаах нэһилиэгэ МТ, «Эрэл» норуот айымньытын киинэ
Ыытыллар бириэмэтэ: Сэтинньи ый 28-тан ахсынньы ый 7 күннэригэр диэри
Кыттыыны ылаллар: Саха сирин хайа баҕарар муннугуттан начаалынай кылаас ођолоро.
Күрэх сыала-соруга:
- Саха норуотун национальнай культуратын баай үгэстэрин сөргүтүү, киэҥ араҥаҕа таһаарыы уонна тарҕатыы;
- Норуот тылынан уус-уран айымньытын сайыннарыы, киэҥ араҥаҕа тарҕатыы;
- Ыччаты духовнай-патриотическай, өйгө–санааҕа иитии;
- Кыттааччылары уонна кинилэр үлэлэрин WhatsApp, Instagram, сайт ситимигэр сырдатыы.
Күрэх ирдэбилэ:
1. Олоңхо биир сүрүн дии санаабыт персонааhын уруhуйдааhын;
2. Уруhуйгун кылгастык кэпсээ;
3. Кыттааччы оҥоһугун, толору аатын сааhын, хантан сылдьарын, кыттыы иһин төлөбүрүн 50 солк. 89142230764 нүөмэргэ Сардана Алексеевнаҕа ыытар.
Түмүк: Ахсынньы ый 7 күнүгэр тахсар, оңоhуктары инстаграмҥа, телеграм, ютуб, каналларбытыгар таһаарыахпыт.
Сыаналааһын: Анал хамыыһыҋа сыаналыаҕа, кыайыылаахтар сэмэҋ бирииһинэн, мэҥэ суругунан наҕараадаланыахтара, кыттааччы барыта туоһу суруктанар.
Билсэр нүөмэргит: 89141097821 ватсап Акулина Исаевна Т.
Күн-дьыл барара түргэнин, кынаттаах кэриэтэ көтөллөр, көмүс күһүн күннэрэ кэлбитин билбэккэ да хааллыбыт. Күһүммүт барахсан көмүс көбүөрүн тэлгээн, сөрүүн салгынынан илгийэн, хаһыҥнаах сарсыардатынан эҕэрдэлээн эмиэ эргийэн тиийэн кэллэ.
Көмүс күһүн биир кэрэ-бэлиэ кэмигэр, биһиги Арыылаахпыт нэһилиэгин Аҕам саастаахтар күннэригэр анаан, 70 сааһыттан үөһээ саастаахтарга «Тимуровскай үлэ» оҥоруу, «Аһымал аахсыйа» хоруопкаҕа көмө оҥоруу тэрээһиннэргэ өрүү буоларын курдук олохсуйбут үгэһинэн тэрилтэлэр көхтөөхтүк кытыннылар, ытык-мааны кырдьа5астарбытыттан истиҥ махтал тылларын ылан кынаттаннылар:
- Күн киҺитэ - көмүскэс, Айыы киһитэ-аһыныгас - диэн саха киҺитин үтүө санаатынан салайтаран "Кэскил" уһуйаан үлэһиттэрэ сылын аайы аҕам саастаахтарын өрүү санаан ааһалларыттан киһи дууһата сылаанньыйар. Быйыл эмиэ кэһии бөҕө тутаммын сүргэм көтөҕүлүннэ. Үтүө санаалаах бар дьоммор махтал бастыҥын тиэрдэбин. ЭҺигини барыгытын кэлэн иһэр ийэлэр, аҕалар күннэринэн итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибин, үлэҕэ-үөрэххэ улахан ситиһиилэри, дьиэ кэргэттэргитигэр иллээх олоҕу, хаһан да ыарыы ылласпатын, доруобай дьоллоох-саргылаах буолуҥ. Сахалыы сайаҕас санааҕыт самныбатын-диэн алҕаатагым буоллун... Махталы кытта, Мария Федотовна Егорова
- "Кэскил" уһуйаан профкомугар,коллективыгар Агам саастаах дьон күннэринэн эҕэрдэҕит, бэлэххит иһин Герасимовтар дьиэ кэргэттэрин аатыттан улахан махтал! Үлэгитигэр ситиһиилэри, дьиэ кэргэннитигэр этэҥҥэ буолууну баҕарабыт.
- Хампам "Эрэл" НАК коллективын бэһиэлэй кыргыттарыгар улахан махталбын тиэрдэбин! Саҥа кулууп үлэҕэ киирэн үлэҕит өссө таһаарыылаах, үрдүк ситиһиилээх буоларыгар ис сүрэхпиттэн баҕарабын! Барыгытыгар дьиэ кэргэҥҥитигэр кытаанах доруобуйаны, дьолу соргуну, эйэлээх күөх халлаан өрүү баар буоллун! Махталы кытта Егорова Н.Т.
Күн аайы саҥатык, эйэлээх олохтон үөрүөҕүҥ!
Саха сирин ийэлэрин күнүгэр аналлаах куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар «Бэлэхпин уунабын» оҕолорго открытка оҥоһугун күрэҕин балаһыанньата
Тэрийээччи: Арыылаах нэһилиэгэ МТ, «Эрэл» НАК.
Буолар кэмэ: алтынньы ый 6 күнүттэн-15 күнүгэр диэри оҥоһуктар хомуллаллар.
Кытталлар:
I бөлөх - 5-7 саастаахтар
II бөлөх – 8-11 саастаахтар
III бөлөх – 12-16 саастаахтар
Ирдэбил:
1. Кыттааччы ийэтигэр анаан туох баҕарар матырыйаалтан открытка оҥорбутун хаартыскаҕа түһэрэн ыытар.
2. Кыттааччы бэйэтин аатын-суолун, сааһын үлэтигэр суруйан бэлиэтиэхтээх.
3. Үлэлэргитин 89142230764 Сардана Алексеевна Е. нүөмэргэ ыытаҕыт, взнос 100 солк. 89142230764 Сардана Алексеевна Е. (чек)
Түмүк: алтынньы ый 16 күнүгэр тахсыа
Наҕараадалар: Кыттыылаахтар сертификатынан, кыайылаахтар дипломнарынан, кыра бэлэхтэринэн бэлиэтэниэхтэрэ.
Кыттааччылар үлэлэрэ «Эрэл» НАК официальнай сирэйигэр тахсыа.
Тэрийэр хамыыһыйа.
Куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар «Аҕабынан киэн туттабын» оҕолорго уруһуй күрэҕин балаһыанньата
Тэрийээччи: Арыылаах нэһилиэгэ МТ, «Эрэл» НАК.
Буолар кэмэ: алтынньы ый 6 күнүттэн-15 күнүгэр диэри оҥоһуктар хомуллаллар.
Кытталлар:
I бөлөх - 6-7 саастаахтар
II бөлөх – 8-10 саастаахтар
III бөлөх – 11-13 саастаахтар
Ирдэбил:
1. Кыттааччы аҕатын хайдах көрөрүнэн А4 формакка уруhуйдуур, үлэтин хаартыскађа түhэрэн ыытар.
2. Кыттааччы үлэтин аатын, бэйэтин аатын, сааһын үлэтигэр суруйан бэлиэтиэхтээх.
3. Үлэлэргитин 89142905861 Мария Спиридоновна Т. нүөмэргэ ыытаҕыт, взнос 100 солк. 89142905861 Мария Спиридоновна Т. (чек)
Түмүк: алтынньы ый 16 күнүгэр тахсыа
Наҕараадалар: Кыттыылаахтар сертификатынан, кыайылаахтар дипломнарынан, кыра бэлэхтэринэн бэлиэтэниэхтэрэ.
Кыттааччылар үлэлэрэ «Эрэл» НАК официальнай сирэйигэр тахсыа.
Тэрийэр хамыыһыйа.
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылын, Советскай Сойуус героя Н.С.Степанов 100 сыллаах үбүлүөйүн, С.Ф.Гоголев аатынан Хампа орто оскуолата 155 сылын чэрчилэринэн ыытыллар
«Үрүң тунах Ыһыахха»
«Хоһууна - 22» оскуола орто сүhүөђүн кыргыттарыгар көрүү-күрэх тосхоло.
Ыытыллар күнэ: от ыйа 2 күнэ 2022 сыл
Са5аланар: 16:00ч. Оҕо түһүлгэтэ
Буолар сирэ: Арыылаах
Кыттааччылар: Оскуола орто сүhүөђүн кыргыттара (5, 6, 7 кылаас)
Сыала – соруга:
· Кыыс кэрэтигэр сүгүрүйүү, харыстааhын уонна былыргы үгэhи, итэ5эли үйэтитии;
· Эдэр ыччаты кэрэ5э, истиӊ сыhыаӊӊа, ɵбүгэ са5аттан илдьэ кэлбит сиэргэ – туомӊа уhуйуу;
· Кыыс о5о айыл5а биэрбит аналын араӊаччылааhын, таӊаhын – сабын кэрэхсэтии уонна тар5атыы
Күрэс түhүмэхтэрэ:
· «Сэмэй нарын сэhэннээх» - сахалыы таҥастаах бэйэни билиhиннэрии;
· «Күндү кɵмүс талаан»- нүɵмэр;
· «Өбүгэ оонньуута» сытыы-быһый көрүү күрэђэ: - дулҕаннан сүүрүү;
- мас тардыһыы;
- моһол ааһыы;
- сүүрүү.
Нађараадалааһын:
Спонсорство көңүллэнэр.
Кыайыылаахтары на5араадалааһын:
Кыттааччыларга сертификаттар, анал ааттар туттарыллаллар, кыайыылаах «Хоһууна - 2022» анал аат иңэриллэр.
Билсэр телефоңңут: 89142905861 Мария СпиридоновнаСаха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылын, Советскай Сойуус героя Н.С.Степанов 100 сыллаах үбүлүөйүн, С.Ф.Гоголев аатынан Хампа орто оскуолата 155 сылын чэрчилэринэн ыытыллар
«Үрүң тунах Ыһыахха»
«Сүүтүк-Боотур» оскуола алын кылааһын үөрэнээччилэригэр күрэх тосхоло.
Ыытыллар күнэ: 2022 с., от ыйын 2 күнэ, күнүс 16:00 ч
Ыытыллар сирэ: Оҕо түһүлгэтэ
Күөн-күрэс сыала-соруга:
· Ођо сайдыытын, айылђаттан бэриллибит талаанын арыйыы, сөргүтүү;
· Чөл туруктаах олођу ођо эрдэхтэн көђүлээһин;
· Ођону эстетическай, нравственнай өттүнэн сайыннарыы, кэрэђэ уһуйуу.
Күрэх ирдэбиллэрэ:
v Конкурска кыттыыны ылаллар 2,3,4 кылаас үөрэнээччилэрэ уолаттар.
Күрэх түһүмэхтэрэ:
ü Олоңхо дойдутун ођотобун (сахалыы таңас көрүүтэ);
ü Бэйэни билиһиннэрии (сахалыы таңастаах);
ü Талба талаан, дьоһун дьођур;
ü «Өбүгэ оонньуута» сытыы-быһый көрүү күрэђэ: - мас тардыһыы;
- ойбонтон уулааһын;
- ыраађы ыстаныы;
- кыыһы сырсыы.
Нађараадалааһын:
Спонсорство көңүллэнэр.
Кыайыылаахтары на5араадалааһын:
Кыттааччыларга сертификаттар, анал ааттар туттарыллаллар, кыайыылаах «Сүүтүк Боотур» анал аат иңэриллэр.
Билсэр телефоңңут: 89142230764 Сардана Алексеевна
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылын, Советскай Сойуус героя Н.С.Степанов 100 сыллаах үбүлүөйүн, С.Ф.Гоголев аатынан Хампа орто оскуолата 155 сылын чэрчилэринэн ыытыллар
«Үрүң тунах Ыһыахха» ыытыллар «Уруйдан тэрилтэм!» тэрилтэлэр парадтара, «Ыһыах бастың түһүлгэтэ» күрэхтэр тосхоллоро.
Буолар сирэ: Арыылаах
Күнэ-дьыла: от ыйа 2 күнэ, 2022 сыл.
«Уруйдан тэрилтэм!» сахалыы таҥастаах сэлэлии хаамыы,
Хампа орто оскуолата 155 сылын чэрчитинэн араас кэмнэргэ бүтэрбит выпускниктар сэлэлии хаамыылара
Бириэмэтэ: күнүс 11 ч.
Сэлэлии хаамыы сыала - соруга:
- үбүлүөйнэй тэрээһиннээх ыһыахха тэрилтэлэр, выпускниктар активнай кыттыыларын ситиһии
Сүрүн ирдэбиллэрэ:
· Кыттааччылар сахалыы таҥастаахтара ирдэнэр,
· Тэрилтэ аатынан табличкалаах, эмблемалаах буолара биһирэнэр,
· Маассабас ирдэнэр.
«Ыһыах бастың түһүлгэтэ» тэрилтэлэр икки ардыларыгар күрэх
Бириэмэтэ: күнүс 12 ч. (торжественнай чаас кэннэ)
Күөн- күрэс сыала – соруга:
· Былыргы ыһыахтарга ыытыллар биир көхтөөх үгэһи сөргүтүү;
· Өбүгэ үгэһин дьоңңо-сэргэђэ тарђатыы, сайыннарыы;
· Ыһыах түһүлгэтин саңа көрүңнэрин тэрийии;
· Тэрилтэлэр ыһыахха кыттыыларын күүһүрдүү, сомођолооһун.
Сүрүн ирдэбиллэрэ:
ü Түөлбэ дьонун, кэлбит ыалдьыттыы сытар нэһилиэктэр дьонун түмэр сиринэн түһүлгэ буолар. Түһүлгэ – тэрилтэ дьоно-сэргэтэ, бэйэлэрин кыахтарынан тупсађай көстүүлээх, ураһалаах, балааккалаах, киэргэллэрдээх, кимнээх буолалларын бэлиэтиир бэлиэ суруктаах буолаллара ирдэнэр.
ü «Тойон Чороон» ыһыахха туттуллар иһит-хомуос (сахалыы иhит).
ü «Ыhыахха сандалы» саха төрүт үрүң аһын арааһа, алаадьы, лэппиэскэ арааһа көрүллэр.
ü Түһүлгэ дьоно-сэргэтэ бэйэлэрин фантазияларынан тугу бађарар өссө баар ирдэбиллэргэ эбэн биэрэрэ хайђаллаах.
ü Түһүлгэ дьоно-сэргэтэ 5 мүнүүтэ иһигэр визитка көрдөрөллөр.
ü Түөлбэттэн биирдии дьүүллүүр сүбэ ирдэнэр.
Нађараадалааһын:
Кыттааччыларга туоһу сурук, сертификаттар туттарыллаллар.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыыта бүтэһиктээх.
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылын, Советскай Сойуус героя Н.С.Степанов 100 сыллаах үбүлүөйүн, С.Ф.Гоголев аатынан Хампа орто оскуолата 155 сылын чэрчилэринэн ыытыллар
«Үрүң тунах Ыһыахха»
«Этигэн хомуһум, эбир ыһыах эђэрдэлээх күнүгэр, лыңкынас тыаскар саргыны салай!» күрэх тосхоло.
Буолар сирэ: Арыылаах
Күнэ-дьыла: от ыйа 2 күнэ, 2022 сыл.
Ыытыллар сирэ- бириэмэтэ: Арыылаах, Ођо түһүлгэтэ. Күнүс 14:00 ч.
Күөн-күрэс сыала-соруга:
· Төрүт ньыманан тардыы араастарын үйэтитии (сыыйа тардыы, күөрэгэйдэтии, хаастаатыы, табыгыр уо.д.а);
· «Бүлүүлүү сыыйа тардыы» ньыматын сөргүтүү, киэң эйгэђэ таһаарыы;
· Кыттааччылар толорор маастарыстыбаларын үрдэтии, өйөөһүн.
Ирдэбилэ:
1. Күөн күрэскэ тэрилтэттэн (Арыылаах нэһилиэгин тэрилтэлэрэ) бөлөҕүнэн кыттааччы ирдэнэр;
2. Күрэскэ кыттыан баҕалаах сааһыттан хааччаҕа суох биирдиилээн оонньооччулар кытталлар;
3. Инструменынан дођуһуол көңүллэнэр;
4. Кыттааччы тематын бэйэтэ талар;
5. Оонньуур бириэмэ 5 мүнүүтэттэн уһуна суох буолуу;
6. Таңаһа саба, туттан хаптан оонньуура сыаналанар.
Кыайыылаахтарга сыаналаах бириистэр, анал ааттар иңэриллэллэр.
Кыттааччы билсэр нүөмэрэ: Татаринова А.И. 89141097821
Тэрийэр бөлөх.
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылын, Советскай Сойуус героя Н.С.Степанов 100 сыллаах үбүлүөйүн, С.Ф.Гоголев аатынан Хампа орто оскуолата 155 сылын чэрчилэринэн ыытыллар
«Үрүң тунах Ыһыахха»
«Киэргэллээх түһүлгэбит кэрэ түгэнэ» саха таҥаһын көрүү-күрэҕин тосхоло.
Буолар сирэ: Арыылаах
Күнэ-дьыла: от ыйа 2 күнэ, 2022 сыл.
Ыытыллар сирэ- бириэмэтэ:Арыылаах, оҕо түһүлгэтэ. Күнүс 15:00 ч.
Күөн-күрэс сыала-соруга:
· Саха омуга таңнар таңаһын ураты көстүүтүн, быһыытын-таһаатын, ойуутун-дьэрэкээнин сайыннаран, харыстаан үйэтитии.
· Өбүгэ таңаһын, сахалыы моһуоннаах аныгылыы таңастары киэң эйгэђэ тарђатыы
· Иис культуратын, ойуу-мандар, симэх үгэстэрин киэңник тэнитии
Ирдэбилэ:
ü Күөн күрэскэ тэрилтэттэн (Арыылаах нэһилиэгин тэрилтэлэрэ) сахалыы таҥас 3 сүһүөххэ үһүөннэригэр биирдии кыттааччы ирдэнэр;
ü Күрэххэ сааһыттан тутулуга суох ким бађалаах кыттыан сөп.
ü Коллекция кылгас аннотацията (кыттааччы аата-суола, иистэнньэҥ аата-суола, туох матырыйаалтан тигиллибитэ) баар буолара булгуччу ирдэнэр.
ü Саха таңаһын комплегар толору киэргэллээђэ ирдэнэр (илин кэбиһэр, бастыңа, бөђөх, кур, дэйбиир уо.д.а.)
ü Саха омук иистэнэр үгэстэрин тупсађайдык, сөптөөхтүк туһаныы.
ü Тэрилтэттэн биирдии дьүүллүүр сүбэ ирдэнэр.
Күрэххэ көрүллэр таҥас көрүҥнэрэ:
- Саха төрүт таҥаһа;
- Сахалыы аныгылыы таҥас;
- Стилизованнай (Сценическэй таҥас)
Кыайыылаахтарга сыаналаах бириистэр, анал ааттар иңэриллэллэр.
Сайаапкалары бу нүөмэргэ биэрэҕит: Семенова А.С.. 89142635167
Тэрийэр бөлөх.
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылын, Советскай Сойуус героя Н.С.Степанов 100 сыллаах үбүлүөйүн, С.Ф.Гоголев аатынан Хампа орто оскуолата 155 сылын чэрчилэринэн ыытыллар
«Үрүң тунах Ыһыахха»
«Ойдоруулаах оһуокай» күрэх тосхоло.
Буолар сирэ: Арыылаах
Күнэ-дьыла: от ыйа 2 күнэ, 2022 сыл.
Ыытыллар сирэ- бириэмэтэ:Арыылаах, Киин түһүлгэ, сэргэ. Күнүс 14:00 ч.
Күөн-күрэс сыала-соруга:
· Ытык Оһуохайы саха омук олохсуйбут сирдэригэр тар5атыы-тэнитии, Аан дойдуга олохтоох атын омуктарга киэңник билиһиннэрии;
· Эдэр дьону уһуйуу, саха тылын сүмэһинин эдэр этээччилэргэ үөрэтии, иңэрии;
· Төрүт үгэстэри дьоңңо, ыччакка тарђатыы, атын куһа5ан тыыннаах сабыдыалтан тэйитии;
· Былыргы Ытык Оһуокай алгыс тылларын сөргүтэн, умнуллан эрэр духуобунай күүһүн бө5өргөтүү;
· Хампа орто оскуолатын үбүлүөйдээх сылыгар көлүөнэлэри түмүү.
Ирдэбилэ:
Ø Күөн күрэскэ тэрилтэттэн (Арыылаах нэһилиэгин тэрилтэлэрэ) биирдиилээн кыттааччы (кынаттара) ирдэнэр;
Ø Күрэххэ кыттыан баҕалаах 18 сааһыттан үөһээ саастаахтар кытталлар.
Ø Этээччи хоһуйуутун ис хоһооно, уус-уран тыла, куолаһын чуора-кэрэтэ, түһүлгэни тутара, сахалыы таңаһа- саба, сиэри-туому тутуһуута, хамсаныыта, биир са5алаабыт быһыытын уларыппакка тутуута;
Ø Бүлүүлүү оһуохайга түһүмэхтэрин тутуһуу (туойан са5алааьына, хаамтарыыта, көтүтүүтэ, уоскутуута-налытыыта);
Ø Этээччилэр, кинилэр кынат дьонноро, бириэмэлэригэр эттилэр да5аны баран хаалбакка, атын этээччини өйөөннөр кынат буолан кытталлара учуоттанар;
Ø Этээччи бириэмэтэ 10 мүнүүтэ;
Ø Сахалыы таңаһа-саба учуоттанар;
Ø Оһуохайы хоhуйуу тиэмэлэрэ: Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сыла, Советскай Сойуус героя Н.С.Степанов 100 сыллаах үбүлүөйэ, С.Ф.Гоголев аатынан Хампа орто оскуолата 155 сыла
Ø Тэрилтэттэн биирдии дьүүллүүр сүбэ ирдэнэр.
Кыайыылаахтарга сыаналаах бириистэр, анал ааттар иңэриллэллэр.
Кыттааччы сайаапканы бу нүөмэргэ биэрэр: Осипова А.А. 89644169123
Тэрийэр бөлөх.
Бу бырааһынньык хайдах төрүттэммитэй? Арассыыйаҕа Оҕо көмүскэлин күнүн быһыытынан биллэр эбит буоллаҕына, атын дойдуларга Норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо күнүнэн ылыналлар. Оҕо күнэ былыргы бырааһынньыктартан биирдэстэрэ. Бу бырааһынньыгы бэлиэтиир туһунан быһаарыыны 1925 сыллаахха оҕолор үтүө туруктаах буолууларыгар анаммыт Аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэҕэ ылыммыттар.
Тоҕо бэс ыйын 1 күнүгэр бэлиэтииллэрий? Оҕо күнүн тоҕо бэс ыйын 1 күнүгэр бэлиэтииргэ санаммыттара чопчу ыйыллыбат эрээри, сорох интэриниэт ситимнэргэ сурулларынан, 1925 сыллаахха Сан-Францискоҕа Кытай Генеральнай консула кытай тулаайах оҕолорун хомуталаан ылан баран Дуань-у цзе (драконнар бэстибээллэрин) тэрийбит. Ол тэрээһин бэс ыйын 1 күнүгэр ыытыллыбыт. Ону таһынан Оҕо үтүө туруктаах буолуутугар анаммыт кэмпириэнсийэ эмиэ ити күн сөп түбэспит. 1949 сыллаахха дьахталлар Норуоттар икки ардыларынааҕы демократическай федерацияларын Сэбиэтин сессиятыгар Москваҕа Оҕо көмүскэлин күнүн бэлиэтиир наадатын туһунан биир санааҕа кэлбиттэр. Саха сиригэр бу биир саамай сырдык, ыраас бырааһынньыгынан буолар. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар оҕолорго аналлаах тэрээһиннэри ыыталлар, ол курдук биһиги нэһилиэкпитигэр халлааммыт тымныы, ардахтаах да буоллар спортзал иһигэр оҕолорго бырааһынньык тэрилиннэ. Баантик, хаалтыс, телефон чехола, рюкзак, коляска, велик күрэхтэрэ, ырыа, үҥкүү-битии, араас көрдөөх оонньуулар, эстафеталар ыытылыннылар.