«Эрэл» норуот айымньытын киинигэр бэлэх ууннулар…
Бүгүн ыам ыйын 13 күнэ Арыылаахпыт нэһилиэгэр улахан бэлиэ күн биһиги биир дойдулаахпыт, Сэбиэскэй Сойуус геройа, пулеметчик, красноармеец Николай Саввич Степанов төрөөбүт күнэ.
Герой аатынан скверга нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, Чэбдигирии түмсүүлэр, оскуола оҕолоро буолан мустан бу бэлиэ күнү көрүстүбүт.
Сүрэхтэн тахсар истиҥ долгутуулаах Николай Саввич туһунан тыллар этилиннилэр. Эйэлээх олох иһин кыргыспыт киһибитигэр ыллам ырыалар ылланнылар, хаартыскаҕа түстүбүт.
Николай Саввич, эн биhиги биир дойдулаахпыт буоларгыттан, эн албан ааккар сүгүрүйэбит, киэн туттабыт, махтанабыт.
Бүлүү улууһугар доруобуйа сылыгар анаан доруобуйаларынан хааччахтаах дьон икки ардыларыгар кулун тутар 18 күнүгэр Арыылаах нэһилиэгэр «Олохтуун тэҥҥэ...» культурно-спортивнай күрэх буолан ааста. Чугастыы сытар Тааһаҕар, Бороҕон нэһилиэктэриттэн кэлэн кытыннылар.
Спортивнай күрэххэ хамаандалар хабылык, хаамыска, дартс, воздушканнан ытыы, көрдөөх эстафета күрэхтэстилэр. Сынньана таарыйа төгүрүк остуол тула олорон “Өркөн өй“ булугас өйдөөхтөр күрэхтэрэ буолан ааста. Культурнай чааһыыгар ырыа-тойук, көрдөөх сыаҥка, киэргэллээх кэрэ көстүүлээх саха мааны таҥаһын көрүү-күрэхтэрэ буолан аастылар.
«Олохтуун тэҥҥэ...» культурно-спортивнай тэрээһиммит кыттылаахтара астына, дуоһуйа сынньаннылар. Дьоммутугар баҕарыа этибит субу курдук чэгиэн сылдьаргытыгар, тус олоххутугар дьолу-соргуну.Күндү ИЙЭ ТЫЛ илгэтин, ТӨРҮТ ТЫЛ сүмэтин сүрэххэ тутан саҥара, кэпсэтэ, тарҕата, сайыннара сылдьар үтүө дьонум! Саханы саха дэтэр САХА СУРУГУН-БИЧИГИН КҮНЭ үүммүтүнэн УРААҤХАЙДЫЫ УРУЙ! САХАЛЫЫ АЙХАЛ! Олунньу ый 13 күнүгэр, биһиги нэһилиэкпитигэр Ийэ тыл, сурук-бичик күнүн бэлиэтээтибит.
Россияҕа учуутал уонна настаабынньык сылын, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэ сылын, Бүлүү улууһугар чөл олох сылын арыйдыбыт. Түгэнинэн туһанан тустаах тэрилтэлэр ветеран үлэһиттэрин чиэстээтилэр, махтаннылар, инникигэ ситиһиилэри, кэс тыллары эттилэр.
Үөрэҕирии тэрилтэлэрэ: Ст.Ф.Гоголев аатынан Хампа орто оскуолата, «Кэскил» оҕо уһуйаана, Хампатааҕы оҕо театральнай оскуолата көхтөөхтүк «Төрөөбүт төрүт тыл күүһэ» ток-шоуга кытыннылар. Оскуола уонна оҕо уһуйаанын тэрилтэлэрэ уһуйааччы уонна сүбэһит, театральнай оскуола хамаандалара мындыр, булугас өйдөрүн, билиилэрин, сатабылларын көрөөччүлэр олус диэн сэҥээрдилэр.
Кыайыылаахтарга э5эрдэ, кыттыбыт бар дьоммутугар истиҥ барҕа махталбытын тириэрдэбит.