Арыылаахпыт нэhилиэгэр Байанай ыйыгар аналлаах куйаар ситиминэн «Байанай бэлэ5э» күрэх буолан ааста. Кылгастык байанай ыйын туhунан.
Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ. Билигин да ол кэтээн көрүү суолтатын сүтэрбэт. Байанай – тыа, ойуур, көтөр–сүүрэр таҥарата. Айыы үөрэҕэ этэринэн, Байанай сэтинньи ыйга дьоҥҥо чугаһыыр. Байанайы биһиги өбүгэлэрбит олус үөрүнньэҥ, кэһии биэрэр оҕонньор курдук саныыллара. Байанай таҥаралаах киһи сылыктаан толкуйдуур, бэйэтин кыаҕар эрэнимтиэ буолар. Тугу эмэни ылсыбыт буоллаҕына, толоруор диэри эппэт. Кини сүрүн болҕомтотун булуу-талыы дьоҕуругар хатыыр.
Сэтинньи аһа элбэҕинэн уратыланар. Кыһын кэлиитэ идэһэлэнэллэр, муҥхалыыллар, тайахтыыллар, мас көтөрдүүллэр. Бу ас-үөл элбэх кэмигэр элбэхтик уруулар буолаллар, малааһыннар тэриллэллэр. Онон саха олоҕор бу улахан суолталаах ый – ас-үөл элбиир, кыһыҥҥы хаһаас халыҥыыр. Кыстыгы этэҥҥэ туоруурга бэлэмнэнэллэр.
"БАЙАНАЙ БЭЛЭҔЭ" инстаграм страницатыгар куҋаар ситиминэн ыытыллыбыт аһаҕас күрэххэ сааһыттан тутулуга суох биирдиилээн дьон (оҕолор, улахан дьон) кытыннылар. Кыайыылаахтар сэмэй бирииhинэн, мэңэ суругунан нађараадаланнылар, кыттааччы барыта туоhу сурук тутта. Кыттааччылары https://instagram.com/khampa_erel?igshid=1qkun6y395x51, https://t.me/erelkhampa бу ссылкаларынан киирэн көрүөххүтүн сөп.
Ссылка:
https://yadi.sk/d/LMGQXlZoPMlJlA?w=1
Файл:
Артур Яковлев III миэстэ.jpeg