Арыылаах нэһилиэгэр "Эрэл" НАК тэлгэһэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын уонна Көмүс күһүнү көрсөр тэрээһин буолан ааста. Күндү ыалдьыттарбытыгар сэргэх Эҕэрдэ концерт буолла. Кэнсиэр кэмигэр сылаас аһынан, итии кус миининэн күндүлээтибит. Күһүҥҥү айылҕа, оҕуруот бэлэҕиттэн дьаарбанка, лотерея буолла, чааһынай асчыт кыргыттар атыы-эргиэн тэрийдилэр. Дойдубут кэскилэ чэлгийэ үүнүөхтүн Сайдыылаах сахабыт сэгэйэ үөрүөхтүн! Күннээх күөх урсун халлаанын Күндээрэ Туругура тур, Тапталлаах сахабыт сирэ Саханы саха дэтэр судаарыстыба күнүнэн итиитик истиҥник өссө төгүл эҕэрдэлиибит. Үүнэ, сайда , тур тапталлаах дойдубут!