Вернуться к русскому языку Translate into English Ins Deutsche bersetzen
Версия для слабовидящих
Поиск
678225, Республика Саха (Якутия), Вилюйский улус, село Хампа, улица Героя Степанова, дом 37

Наш адрес
8 (41132) 24263
Контактный номер

Новости Центра народного творчества «Эрэл»

RSS
08.11.2024

Бүлүү улууһугар С.М. Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах оскуола орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр "Бүлүү чулуу уола-Степан Аржаков" квест-оонньуу

Сэтинньи ый 8 күнүгэр Бүлүү улууһун Арыылаах нэһилиэгэр Степан Филиппович Гоголев аатынан Хампа орто оскуолатын орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр анаан саха судаарыстыбаннаһын төрүттэспит, биллиилээх судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй үлэһит Степан Максимович Аржаков 125 сылыгар аналлаах квест оонньуу ыытылынна. Олохтоох библиотекарь Галина Захаровна Колодезникова оҕолорго С.М.Аржаков олоҕун-дьаһаҕын кэпсээтэ. Оҕолор квест оонньууга көхтөөхтүк кыттан, сынньанан, дуоһуйан бардылар Олохтоох библиотека уонна Эрэл норуот айымньытын киинин специалистара.

05.11.2024

"Ким до5ордоох, ол дьоллоох"

Сэтинньи 2 күнэ 2024 с. Арыылаах нэһилиэгэр Дойду үрдүнэн норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр аналлаах түмсүүлэр икки ардыларыгар “Ким до5ордоох, ол дьоллоох» оонньуу күрэх буолан ааста.

31.10.2024

“Күндү төрөппүттэр” – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ийэ, Россияҕа аҕа күнүн бэлиэтиир эҕэрдэ кэнсиэртэн быһа тардыы

Быйыл Сахабыт сиригэр Ийэ, Арассыыйаҕа Аҕа күнэ чопчу алтынньы 15 күнүгэр сөп түбэһэн бэлиэтэннэ. Бу - күнү икки бүк суолталыыр, тоҕо диэтэххэ, күн сиригэр төрөөбүт-үөскээбит оҕоҕо бука барытыгар ийэ да, аҕа да – биир тэҥ күндү буолаллар. Түгэнинэн туһанан күн күбэй ийэлэри, амарах аҕалары бырааһынньыгынан ис сүрэхпититтэн нэһилиэкпит кэнэҕэс кэнчээри күн көмүс ньээкэ оҕолоро, актыбыыстар, түмсүүлэр эҕэрдэлээтилэр, о5олор бэйэлэрэ оҥорбут сибэккилэрин саалаҕа көрөөччүлэргэ туттардылар. Ийэ, аҕа буолуу дьолун билбит күн-күбэй Ийэлэри, амарах аҕалары өссө төгүл эҕэрдэлиибит, күннээҕи түбүккүт истиҥ сыһыантан чэчирии сайыннын, алаһа дьиэҕитигэр дьол, таптал уйаланнын, ыччат дьоҥҥут ымыылаах буоллуннар, бэйэ-бэйэҕэ өйөбүллээх буолун, оҕолоргут ситиһиилэринэн кынаттанан олоххут кэрэни эрэ кэрэһэлээтин, кэскили эрэ түстээтин.

14.10.2024

“Үҥкүүлүөххэ, ыллыахха уһун үйэлэниэххэ»

Алтынньы ый 11 күнүгэр Бүлүү улууһун Арыылаах нэһилиэгэр аҕам саастаахтар күннэригэр “Үҥкүүлүөххэ, ыллыахха уһун үйэлэниэххэ» тэрээһин буолан ааста. Сиһилии хаартыскалары бу ссылканнан киирэн көр

Файл:  WhatsApp Image 2024-10-11 at 16.57.19.jpeg

11.10.2024

Хампаҕа саҥа киинэ саалата арылынна!

Бүгүн алтынньы ый 4 күнүгэр Федеральнай “Экстра Синема” бырайыак чэрчитинэн күүтүүлээх, үөрүүлээх түгэн үүннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин иһигэр 40 киинэ саалата куйаар ситимин нөҥүө арылынна. Ол курдук Бүлүү улууһун Арыылаах нэһилиэгэр 120 миэстэлээх «Эрэл» норуот айымньытын киинигэр толору саалалаах бастакы киинэ сеанса буолан ааста.

19.09.2024

С.М.Аржаков туһунан төһө билэҕиний?

С.М.Аржаков Ил, политика уонна хаһаайыстыба диэйэтэлэ 125 үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт тэттик ыйытыылар

02.06.2024

Оҕо көмүскэлин күнэ

Оҕо күнэ былыргы бырааһынньыктартан биирдэстэрэ. Бу бырааһынньыгы бэлиэтиир туһунан быһаарыыны 1925 сыллаахха оҕолор үтүө туруктаах буолууларыгар анаммыт Аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэҕэ ылыммыттар Саха сиригэр бу биир саамай сырдык, ыраас бырааһынньыгынан буолар. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар оҕолорго аналлаах тэрээһиннэри ыыталлар. Ол курдук үөрүүлээх быһыыга-майгыга Эрэл норуот айымньытын киинин тэлгэһэтигэр оҕо-уруу тоҕуоруһа ыллаан-туойан, үҥкүүлээн дайдылар. Кэскил оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ кырачааннарбыт талба талааннарын арыйан эҕэрдэ кэнсиэрди бэлэх ууннулар. Онтон баспытааталларбыт кэлбит ыалдьыттарга лотерея онньоттулар. Дьахтар комитетын чилиэннэрэ маассабай оонньуу, эстафета тэрийэн оҕолору үөртүлэр, онньоттулар. Ону таһынан Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн сылыгар анаан Family look дьиэ кэргэн күрэҕин оҥордубут, эдэр ийэлэргэ аналлаах Дьэрэкээн кэлээскэ күрэҕэр ийэлэр бэркэ тэринэн кэлэннэр көрөөччүлэри сөхтөрдүлэр, үөртүлэр. Республикаҕа Оҕо сылынан анаан Саамай кырачааннарга Карапузик-24 буолан аастылар. Оҕолор оонньууларга олус көхтөөхтүк кыттан, аралдьыйан, оонньоон, сэргэхсийэн, астынан бардылар. Киэһээҥҥи тэрээһиҥҥэ сылын ахсын үгэс буолбут кырачаан кыргыттарга Мир красоты и таланта-24 күрэх үрдүк таһымнаахтык, долгутуулаахтык буолан ааста. Оҕо көмүскэлин күнүнэн оҕолору өссө төгүл эҕэрдэлиибит. Баҕарабыт дьоллоох оҕо сааһы, самаан сайыҥҥы уһун сынньалаҥҥа дуоһуйа сынньаналларыгар!

23.05.2024

Ыам ыйын 22 күнэ Арыылаах нэһилиэгэ

Ыам ыйын 22 күнэ Саха дьонугар Саҥа дьылынан ааҕыллар, кырыа кыһыны туораан этэҥҥэ күөххэ үктэммиппит бэлиэ күнэ буолар. Бу күнтэн саҕалаан айылҕабыт үүнээйибит үүнэр, силигилиир, сайылыкка көһүү саҕаланар. Бу күнү Арыылаах нэһилиэгин аҕам саастаах дьонноругар, түмсүүлэргэ Олохтоох дьаһалта, Эрэл норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ Ньукуолунунан, Саха сиригэр Пионерия 100 сылын айылҕаҕа Унаардаах эбэҕэ тахсан бэлиэтээтибит. Олохтоох эр дьон сибиэһэй кус мунньан аҕам саастаахтарга бэрсэннэр, кулууп үлэһиттэрэ минньигэс миин буһаран күндүлээтилэр. Пинерия 100 сыллаах үбүлүөйнэй знагы Бүлүү куорат бочуоттаах олохтооҕо, пионерия вожатайа, учууталлар учууталлара Наталья Дмитриевна Алексеева кэлэн туттарда. Уһун тымныылар кэннэ дьон сэргэ айылҕаҕа тахсан сэргэхсийдэ, оонньоото-көрүлээтэ

14.05.2024

Ыам ыйын 13 күнэ

Сылын ахсын ыам ыйын 13 күнүгэр Арыылаах нэһилиэгин “Чэбдигирии” спортивнай түмсүүтэ Герой Николай Саввич Степанов төрөөбүт алааһыгар баран, киниэхэ сүгүрүйэн, махтанан туран өтөҕүн дьаһайан, ахтан-санаан, оонньоон-көрүлээн Улуу Кыайыы геройун төрөөбүт күнүн бэлиэтииллэр. Быйылгы Халдьаайыга тахсыы тэрээһинин бу ссылканнан киирэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт

11.05.2024

Советскай Союз Геройугар Н.С. Степановка ананар Бүлүү куоратын үҺүс нүөмэрдээх орто оскуолатын проегын чэрчитинэн Бүлүү-Хампа-Бүлүү хайысханан легкоатлетическай пробег ыыт

Ыам ыйын 10 күнүгэр Арыылаах нэһилиэгэр «Дьиэ кэргэнинээн старка» Сэбиэскэй Сойуус геройа Николай Саввич Степановка аналлаах Бүлүү-Хампа-Бүлүү хомуур сүүрүүгэ Тааһаҕар, Бөтүҥ, Өкүндү, Бүлүү оскуолаларыттан учууталлыын, оҕолуун, дьиэ кэргэттэри кытта уонна Хампабыт оҕолоро, учууталлара уопсайа 221 киһи сүүрүүгэ кыттынна. Бу бырайыак ааптара Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическай культураҕа уонна спорка туйгуна, Н.С.Степанов аатынан 3 нүөмэрдээх Бүлүүтээҕи орто оскуолатын физкультура учуутала Иннокентий Романович Михайлов сүүрүүнү хамаандалаан ыытта. Сэбиэскэй Сойуус геройа Николай Саввич Степановка аналлаах Бүлүү-Хампа-Бүлүү легкоатлетическай хомуур сүүрүү бырайыага сыллата ыытыллар үгэскэ кубулуйбута кэлэр кэнэҕэски ыччаттарбытыгар спордунан дьарыктаныы чэгиэн-чэбдик, доруобай буолууга, бары ситиһиилэргэ, уһун үйэлэниигэ төрүт буоларын үөрэтэр, патриотическэй иитиини биэрэрэ олус үөрүүлээх быыһыы-майгы диэн олохтоох дьон сэргии көрөбүт. Кыттааччыларга ситиһиилэри, бырайыак этэҥҥэ өссө да уһун сылларга Герой аатын үйэтитэн үлэлииригэр баҕара хаалабыт.

11.05.2024

Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө

Бүгүн үрдүк өрөгөй күнэ, бүгүн улуу өйдөбүл күнэ!Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ, Кыайыы знамятын күөрэччи көтөҕөн, эйэлээх олоҕу ситиспит бэлиэ күммүтүнэн Уруй-Айхал! Туругурдун аламай күн анныгар – Эйэ, Дьол, Көҥүл!

11.05.2024

Акция "Свеча Памяти"

Ежегодно в память о начале Великой Отечественной войны проводится международная акция «Свеча памяти».

17.04.2024

Колодезников Иван Кононович - Үрүҥ Уус 50 сааһыгар

Аан дойду кылаастаах хомус ууһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Норуотун маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна Колодезников Иван Кононович - Үрүҥ Уус 50 сааһыгар аналлаах "Дьүрүһүйэ турдун хомуһуҥ!" кинигэ презентацията, улуустааҕы биирдиилээн хомусчуттар күрэхтэрэ Арыылаах нэһилиэгэр муус устар 14 күнүгэр буолан ааста. Күрэх үс бөлөҕүнэн кыттааччылар күөн былдьастылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ Бястинов Дмитрий Дмитриевич Хомус Аан дойдутааҕы түмэлин уонна киинин диэриэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культууратын туйгуна. Шишигин Спиридон Спиридонович Аан дойду виртуоз хомусчута, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэ5ириитин үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Монголия культууратын туйгуна, Аан дойдутааҕы варган обществотын бочуоттаах чилиэнэ. Дегтярева Альбина Михайловна Аан дойду виртуоз хомусчута Саха Республикатын үтү өлээх артыыһа, "Душа России" судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата. Акимова София Иннокентьевна Саха сиригэр дьахталлартан бастакы хомус ууһа маннык састаабынан күрэх кыайыылаахтары быһаардылар. Тэрээһини Бүлүү куоратыттан Августина Платоновна Евсеева салайааччылаах «Алгыс» фольклорнай бөлөх, Надежда Юрьевна салайааччылаах «Дорҕоон» этно-фольклорнай бөлөх, «Кэскил» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ, Хампатааҕы оҕо театральнай оскуолатын үөрэнээччилэрэ кэлэн киэргэттилэр, дьону-сэргэни сэргэхситтилиэр.

16.04.2024

Сандал сааһы уруйдаан...

Муус устар 13 күнүгэр Сандал Сааһы уруйдаан диэн сааһы көрсүһүү буолла. Түөлбэлэр икки ардыларыгар Матрешка-24 күрэх, 
Плов буһарыыга күрэх, араас көрдөөх оонньуулар, спортивнай күрэхтэр буолан аастылар.

04.04.2024

«Олохтуун тэҥҥэ...» бэстибээл түгэннэриттэн хаартыскалар

Кулун тутар 22 күнүгэр Арыылаах нэһилиэгэр «Олохтуун тэҥҥэ...» Орто Бүлүү түбэтин доруобуйаларынан хааччахтаах дьон икки ардыларыгар культурно-спортивнай бэстибээл буолан ааста.
Бу бэстибээлгэ чугастыы сытар Тааһаҕар, Бороҕон нэһилиэктэрэ кэлэн көхтөөххтүк кыттан, аралдьыйан, дуоһуйан бардылар.
«Олохтуун тэҥҥэ...» бэстибээл түгэннэриттэн хаартыскалары көрөргүтүгэр ыҥырабыт.

Файл:  WhatsApp Image 2024-03-22 at 6.07.44 PM.jpeg

01.03.2024

Ийэ, Аҕа уонна мин...

Олунньу ый 24 күнүгэр Арыылаах нэһилиэгин түөлбэлэрин икки ардыларыгар Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн «Ийэ, Аҕа уонна мин...» диэн культурно-спортивнай күрэх буолан ааста. Нэһилиэкпит 4 түөлбэтэ көхтөөхтүк кытынна. Аҕалар калашников автоматы бириэмэҕэ ыстылар, хомуйдулар. Ийэлэр «Полевой куухуна» диэн түһүмэххэ бириэмэҕэ хортуоска хаҕылаатылар. Оҕолор «Рота подъем» түһүмэххэ ким түргэнник таҥнарга куоталастылар. Ону таһынан «Меткий стрелок», «Граната», «Эстафета Моһол» түһүмэхтэр сэргэхтик, сонуннук аастылар. Кыттааччыларбытын эҕэрдэлиибит өссө да ситиһиилэри баҕарабыт.

14.02.2024

Саха тыла, сурук-бичик күнүнэн!

"Таптыыр Сахам тылынан" Сурук-бичик күнүгэр, Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо-саас сылларыгар аналлаах түөлбэлэр икки ардыларыгар олунньу 13 күнүгэр Олохтоох библиотека уонна "Эрэл" норуот айымньытын киинэ олус тыҥааһыннаах күрэх тэрийдибит. Күрэххэ түөлбэлэртэн улахан дьону эрэ буолбакка кэлэр кэнэҕэски ыччаппытын эмиэ кытыннарбыппыт интэриэһинэй, сэргэх оонньуу буолан ааста. Ийэ тылбыт көлүөнэттэн - көлүөнэҕэ бэриллэн, үүнэ – сайда турдун.

11.12.2023
«Сайдыы түмсүү бастыҥ түөлбэтэ» улуустааҕы көрүү-күрэх сонуннара

«Сайдыы түмсүү бастыҥ түөлбэтэ» улуустааҕы көрүү-күрэх сонуннара

Ахсынньы ый 10 күнүгэр Арыылаах нэһилиэгэр 11 сылын ыытыллар «Сайдыы түмсүү бастыҥ түөлбэтэ» улуустааҕы көрүү-күрэх Орто-Бүлүү түбэтин (Бороҕон, I Тыымпы, Тааһаҕар, Арыылаах нэһилиэктэрин) «Түөлбэ талаана» культура бэстибээлэ буолан ааста. Быйылгы сылга маннык түһүмэхтэрдээх, олус сэргэх бэстибээли нэһилиэктэрбит бэлэхтээтилэр: I «Өбүгэбит туос иһитэ» бу түһүмэхххэ анаммыт болдьоҕунан туос иһиттэр тигилиннилэр: чабычах, тууйас, маллаах иһит, ыаҕыйа, мэһэмээн, тымтай. Биһиги Арыылаахпыт нэһилиэгин уран тарбахтаахтара туос иһиттэри оҥорон дьүүллүүр сүбэ дьүүлүгэр уурбуттарыгар түгэнинэн туһанан махталбытын тиэрдэбит Семенова Е.Н., Сивцева И.К., Самсонова К.В. II «Саха сиригэр Үлэ сыла. Нэһилиэкпит киэн туттуута» альбом рапорды көмүскээһин. Манна кулууптар дириэктэрдэрэ нэһилиэккэ бу сылга буолбут үлэлэрин, сыллааҕы ситиһиилэрин уопсай тиһэн кэпсээтилэр. Бу түһүмэххэ дьүүллүүр сүбэ I Тыымпы нэһилиэгин Аҕа баһылыга Михайлов А.А. кэлэн альбом-рапорды көмүскээбитигэр улаханнык биһирээтилэр. III «Үлэ - үүнэр сайдар суол!» театрализованнай представление. Күрэхтэһээччилэр бу түһүмэххэ тыа олоҕо сайдарын туһугар эдэр ыччаты тыаҕа тардыы, Учуонай учууталларын, Үлэ геройдарын олохторун туһунан олус интэриэһинэй постановкалары көрдөрдүлэр. IV «Иис» нэһилиэктэр брендовай таҥастарын көрүү, бу түһүмэх уопсай бэстибээли олус киэргэттэ. Нэһилиэктэрин кэпсиир, уратытын көрдөрөр таҥастары тигэннэр, көрөөччү улахан биһирэбилин ылла. Арыылаах нэһилиэгэ брендовай таҥаска былааҕын таҥаска дьүһүйэн көрдөрдө. Ол курдук, дьөһөгөй оҕото аата ааттаммат кырдьаҕас үрүҥ дьөһөгөй оҕото буолан дойдутун эргийэн ыарыыттан дьаҥтан арчылаабыт, мохсоҕол аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ аатырбыт Геройдарбыт бэлиэтэ, Арђаа, илин өттγгэр атахтаhар кγөллэрдээх Орто – Бγлγγ киинэ Хампа нэhилиэгэ Этигэн тыастаах Хомус биһигинэн аатырара көһүннэ. Таҥастарбыт ураты көстүүлэрин, быһыыларын-таһааларын, дьэрэкээн ойууларын, симэхтэрин, киэргэллэрин тиксииспит уран тарбахтаах Далбар Хотуттарбытыгар махталбытын тиэрдэбит: Чиркова А.А., Шамаева В.А., Капитонова Е.Е., Шамаева Л.М., Бочкарева А.И., Константинова Е.С. Ону таһынан улахан күүс-көмө буолбут киһибитигэр туспа махталбытын тиэрдиэхпитин баҕарабыт Боронов П.П. «Түөлбэ талаана» бэстибээлгэ күүс-көмө буолбут дьоммутугар өссө төгүл барҕа махталбытын тирдэбит. Уонна баҕарабыт эһиэхэ, чугас дьоҥҥутугар алмаас тааһыныы кытаанах доруобуйаны, чэгиэн туругу, дьолу-соргуну.

Файл:  0b66e51e-f187-4664-ab57-b3133507ec28.jpg

01.12.2023

Хомус күнүнэн эҕэрдэ буолуохтун!

Көхсүттэн тэһииннээх, Көмүскэстээх санаалаах Күн өркөн уустара Хохуоралаах тыллаах, Хоңкунас тыастаах Холобура суох хоhоонноох Хомус барахсаны Хомуhуннаан айбыттара Саха чулуу ууьа Тон болгуо тимири уьааран, Ыстаал тылын хатаран, Чуор куоластаах, Дьүрүскэннээх тойуктаах, Дьырылыы ыллыыр хомус кутун, Аан дойдуга алыптаах дор5ооннору дьүрүhүттүн диэн Улуу уустар уһааран оңорбуттара эбитэ үһү. Саха Өрүспүүбүлүкэтин президенэ Егор Борисов сэтинньи 30 күнүгэр Саха сиригэр хомус күнүн бэлиэтиир туһунан ыйаах таһаарбыта. Эһигини барыгытын Хомус күнүнэн истиҥник эђэрдэлиибит. Арыылаах нэһилиэгин библиотекара уонна «Эрэл» норуот айымньытын киинин специалиһа Степан Филиппович Гоголев аатынан Хампа орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр Хомус күнүнэн тэрээһин ыыттылар, күргүөм хомуска оонньоотулар.

Наверх