Сэтинньи 4 күнүгэр Арыылаах нэһилиэгэр Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар быстах хомуурга барбыт байыастарга «Бары бииргэ» акция чэрчитинэн, Автономия 100 сылыгар, Дойду үрдүнэн норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр аналлаах түмсүүлэр икки ардыларыгар “Доҕордуу буолуох» оонньуу буолан ааста. Нэһилиэкпит иһигэр баар «Иэйии» литературнай түмсүү, «Дьүрүлгэн» хомусчуттар түмсүүлэрэ, «Чөмчүүрэ» ырыаһыттар түмсүүлэрэ, «Оһуор», «Сандаара» үҥкүүһүттэр түмсүүлэрэ кэлэн, сэргэхтик күннэрин атааран бардылар.
Күрэххэ кыттааччылар араас омук буолан кэллилэр уонна талбыт омуктарын историятын, культуратын, олоҕун – дьаһаҕын кэпсээтилэр, көрдөрдүлэр.
Күрэх түмүгүнэн бочуоттаах I миэстэни ылла «Сандаара» үҥкүүһүттэр бөлөхтөрө, II миэстэни ылла «Оһуор» үҥкүүһүттэр бөлөхтөрө, III миэстэни ыллылар «Чөмчүүрэ» ырыаһыттар түмсүүлэрэ.
Кытта кэлбит түмсүүлэрбитигэр барҕа махтал, эйэлээх халлааны баҕара хаалабыт.
Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар быстах хомуурга барбыт байыастарга «Бары бииргэ» акцияҕа кыттыһан 10000 тыһ харчыны киллэрэммит мобилизованнайдар семьяларын фондатыгар көмө кылааппытын ыыттыбыт
Рома Пудов, 5 саастаах, Дьокуускай куорат 24-с нүөмэрдээх «Сардаана» уһуйаан иитиллээччитэ, эбээтинээн Макарова Александра Аркадьевналыын оноһуктара.
«Мин Олонхоттон саамай сөбүлээбит персонаһым - тоҕус былас суһуохтаах Туйаарыма Куо»
Куукулабыт кашибо материалтан тигиллибит үрүҥ халадаайдаах, сукноттан тесьманан, оҕуруонан киэргэтиллибит сахалыы сонноох, киниэхэ дьүөрэлээн дьабакалаах, этэрбэстээх.
Уһун суһуоҕа бамбуковай баайар саптан оноһулунна. Илин кэбиһэрэ, уһун суһуоҕун киэргэлэ мельхиор диэн аныгы материалтан тиһилиннэ. Бэйэтин сана кырачаан ыа5ыйата фетртан онуһулунна уонна тесьманан киэргэтилиннэ.
Хатастааҕы 70№ «Кэрэчээнэ» оҕо уhуйаанын иитээччилэрэ
Максимова Марта Захаровна
Афанасьева Ирина Семёновна
Туйаарыма Куо. Былааччыйата габардин, жилета уонна бэргэhэтэ сукно, мех норка, кээнчитэ экозамша.
Олоңхо декадатыгар аналлаах аhађас куйаар ситиминэн Олоңхо персонажтарынан куукула оңоhуктарыгар күрэх балаhыанньата.
“Олоҥхо – саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа. Саха фольклорун бары жанрдарын синтеһэ, киһи билэр бары поэтическай ньыматын сиэркилэтэ” (Суорун Омоллоон).
Тэрийээччилэр: Бүлүү улууһа, Арыылаах нэһилиэгэ МТ, «Эрэл» норуот айымньытын киинэ
Ыытыллар бириэмэтэ: Сэтинньи ый 28-тан ахсынньы ый 7 күннэригэр диэри
Кыттыыны ылаллар: Саха сирин хайа баҕарар муннугуттан кыттыыны ылаллар.
Күрэх сыала-соруга:
Ø Саха норуотун национальнай культуратын баай үгэстэрин сөргүтүү, киэҥ араҥаҕа таһаарыы уонна тарҕатыы;
Ø Норуот тылынан уус-уран айымньытын сайыннарыы, киэҥ араҥаҕа тарҕатыы;
Ø Ыччаты духовнай-патриотическай, өйгө–санааҕа иитии;
Ø Кыттааччылары уонна кинилэр үлэлэрин WhatsApp, Instagram, сайт ситимигэр сырдатыы.
Күрэх ирдэбилэ:
Күрэххэ биир Олоңхо персонааhын майгыннатан куукула оҥорон дьон дьүүлүгэр таһаарыы;
Кыттааччы оңоhугун хаартыскађа түhэрэн ватсабынан ыытар, оҥоһукка кылгас аннотациялаах буолара ирдэнэр;
Кыттааччы оҥоһугун, толору аатын сааhын, хантан сылдьарын, кыттыы иһин төлөбүрүн 100 солк. 89142905861 нүөмэргэ Мария Спиридоновнаҕа ыытар.
Түмүк: Ахсынньы ый 7 күнүгэр тахсар, оңоhуктары инстаграмҥа, телеграм, ютуб, каналларбытыгар таһаарыахпыт.
Сыаналааһын: Анал хамыыһыҋа сыаналыаҕа, кыайыылаахтар сэмэҋ бирииһинэн, мэҥэ суругунан наҕараадаланыахтара, кыттааччы барыта туоһу суруктанар.
Билсэр нүөмэргит: 89141097821 ватсап Акулина Исаевна Т.
Олоңхо декадатыгар аналлаах аhађас куйаар ситиминэн «Остуоруйа дойдута» эбээ, ийэ, эhээ, ађа остуоруйа кэпсиир аудио күрэҕин балаhыанньата.
“Олоҥхо – саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа. Саха фольклорун бары жанрдарын синтеһэ, киһи билэр бары поэтическай ньыматын сиэркилэтэ” (Суорун Омоллоон).
Остуоруйа - норуот тылынан уус - уран айымньыта, фольклор биир көрүҥэ, киһи бэйэтин баҕатын, олоҕун дьаһаҕын эбэтэр араас быһылаан туһунан, дьиктилээх - дьиибэлээх, кэрэхсэбиллээх кэпсээнэ.
Күрэх сыала - соруга:
- Оҕо остуоруйаны сэргээн, кэрэхсээн истэрин ситиһии;
- Остуоруйа геройдарын үтүө быһыытын оҕону сиэр - майгы өттүнэн иитиигэ туһаныы.
Ирдэбилэ: эбээ, ийэ, эhээ, ађа кырачааннарга остуоруйа кэпсиир, 3 - 5 мүнүүтэ усталаах остуоруйа кэпсээҥҥитин аудиозаписька устан 89644169123 Анастасия Александровна О ыытаҕыт, кыттыы иһин 100 солк усунуостаах.
Түмүк: Ахсынньы ый 7 күнүгэр тахсар, оңоhуктары инстаграмҥа, телеграм, ютуб, каналларбытыгар таһаарыахпыт.
Сыаналааһын: Анал хамыыһыҋа сыаналыаҕа, кыайыылаахтар сэмэҋ бирииһинэн, мэҥэ суругунан наҕараадаланыахтара, кыттааччы барыта туоһу суруктанар.
Билсэр нүөмэргит: 89141097821 ватсап Акулина Исаевна Т.
Олоңхо декадатыгар аналлаах аhађас куйаар ситиминэн «Олоңхолуун алтыhабыт» ођолорго уруhуй күрэђин балаhыанньата.
“Олоҥхо – саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа. Саха фольклорун бары жанрдарын синтеһэ, киһи билэр бары поэтическай ньыматын сиэркилэтэ” (Суорун Омоллоон).
Тэрийээччилэр: Бүлүү улууһа, Арыылаах нэһилиэгэ МТ, «Эрэл» норуот айымньытын киинэ
Ыытыллар бириэмэтэ: Сэтинньи ый 28-тан ахсынньы ый 7 күннэригэр диэри
Кыттыыны ылаллар: Саха сирин хайа баҕарар муннугуттан начаалынай кылаас ођолоро.
Күрэх сыала-соруга:
- Саха норуотун национальнай культуратын баай үгэстэрин сөргүтүү, киэҥ араҥаҕа таһаарыы уонна тарҕатыы;
- Норуот тылынан уус-уран айымньытын сайыннарыы, киэҥ араҥаҕа тарҕатыы;
- Ыччаты духовнай-патриотическай, өйгө–санааҕа иитии;
- Кыттааччылары уонна кинилэр үлэлэрин WhatsApp, Instagram, сайт ситимигэр сырдатыы.
Күрэх ирдэбилэ:
1. Олоңхо биир сүрүн дии санаабыт персонааhын уруhуйдааhын;
2. Уруhуйгун кылгастык кэпсээ;
3. Кыттааччы оҥоһугун, толору аатын сааhын, хантан сылдьарын, кыттыы иһин төлөбүрүн 50 солк. 89142230764 нүөмэргэ Сардана Алексеевнаҕа ыытар.