Ахсынньы ый 10 күнүгэр Арыылаах нэһилиэгэр 11 сылын ыытыллар «Сайдыы түмсүү бастыҥ түөлбэтэ» улуустааҕы көрүү-күрэх Орто-Бүлүү түбэтин (Бороҕон, I Тыымпы, Тааһаҕар, Арыылаах нэһилиэктэрин) «Түөлбэ талаана» культура бэстибээлэ буолан ааста. Быйылгы сылга маннык түһүмэхтэрдээх, олус сэргэх бэстибээли нэһилиэктэрбит бэлэхтээтилэр:
I «Өбүгэбит туос иһитэ» бу түһүмэхххэ анаммыт болдьоҕунан туос иһиттэр тигилиннилэр: чабычах, тууйас, маллаах иһит, ыаҕыйа, мэһэмээн, тымтай. Биһиги Арыылаахпыт нэһилиэгин уран тарбахтаахтара туос иһиттэри оҥорон дьүүллүүр сүбэ дьүүлүгэр уурбуттарыгар түгэнинэн туһанан махталбытын тиэрдэбит Семенова Е.Н., Сивцева И.К., Самсонова К.В.
II «Саха сиригэр Үлэ сыла. Нэһилиэкпит киэн туттуута» альбом рапорды көмүскээһин. Манна кулууптар дириэктэрдэрэ нэһилиэккэ бу сылга буолбут үлэлэрин, сыллааҕы ситиһиилэрин уопсай тиһэн кэпсээтилэр. Бу түһүмэххэ дьүүллүүр сүбэ I Тыымпы нэһилиэгин Аҕа баһылыга Михайлов А.А. кэлэн альбом-рапорды көмүскээбитигэр улаханнык биһирээтилэр.
III «Үлэ - үүнэр сайдар суол!» театрализованнай представление. Күрэхтэһээччилэр бу түһүмэххэ тыа олоҕо сайдарын туһугар эдэр ыччаты тыаҕа тардыы, Учуонай учууталларын, Үлэ геройдарын олохторун туһунан олус интэриэһинэй постановкалары көрдөрдүлэр.
IV «Иис» нэһилиэктэр брендовай таҥастарын көрүү, бу түһүмэх уопсай бэстибээли олус киэргэттэ. Нэһилиэктэрин кэпсиир, уратытын көрдөрөр таҥастары тигэннэр, көрөөччү улахан биһирэбилин ылла. Арыылаах нэһилиэгэ брендовай таҥаска былааҕын таҥаска дьүһүйэн көрдөрдө. Ол курдук, дьөһөгөй оҕото аата ааттаммат кырдьаҕас үрүҥ дьөһөгөй оҕото буолан дойдутун эргийэн ыарыыттан дьаҥтан арчылаабыт, мохсоҕол аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ аатырбыт Геройдарбыт бэлиэтэ, Арђаа, илин өттγгэр атахтаhар кγөллэрдээх Орто – Бγлγγ киинэ Хампа нэhилиэгэ Этигэн тыастаах Хомус биһигинэн аатырара көһүннэ. Таҥастарбыт ураты көстүүлэрин, быһыыларын-таһааларын, дьэрэкээн ойууларын, симэхтэрин, киэргэллэрин тиксииспит уран тарбахтаах Далбар Хотуттарбытыгар махталбытын тиэрдэбит: Чиркова А.А., Шамаева В.А., Капитонова Е.Е., Шамаева Л.М., Бочкарева А.И., Константинова Е.С. Ону таһынан улахан күүс-көмө буолбут киһибитигэр туспа махталбытын тиэрдиэхпитин баҕарабыт Боронов П.П.
«Түөлбэ талаана» бэстибээлгэ күүс-көмө буолбут дьоммутугар өссө төгүл барҕа махталбытын тирдэбит. Уонна баҕарабыт эһиэхэ, чугас дьоҥҥутугар алмаас тааһыныы кытаанах доруобуйаны, чэгиэн туругу, дьолу-соргуну.
Файл:
0b66e51e-f187-4664-ab57-b3133507ec28.jpg